Иһинээҕитигэр көс

Оскар (бириэмийэ)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Академия Биhирэбилэ (Academy Awards) эбэтэр Оскар (Oscars) диэн АХШ Киинэ дьоҕурдарын уонна үөрэхтэрин академиятын (Academy of Motion Picture Arts and Sciences) биhирэбилэ. Киинэ индустриятын үлэhиттэрин үрдүк ситиhиилэрин бэлиэтиир. Сыл аайы тэриллэр. Бастакы церемонията 1929 ыам ыйын 16 буолбута.

2004 ыла, Академия Биhирэбилин номинациятын түмүктэрэ дьоҥҥо-сэргэҕэ тохсунньу бүтүүтүгэр биллэриллэллэр.

2007 туругунан, Академияҕа 5,835 талааччы баара. Олортон 1,311 актёрдар.

Академия Биhирэбилин 2 уонна 3 сиэрдэринэн номинацияланар киинэ Лос Андьелес эргинигэр ааспыт халандаар сылыгар (тохсунньу 1 — ахсынньы 31) көрдөрүллүбүт буолуохтаах. 2 сиэринэн киинэ уhуна аччаабыта 40 мүнүүтэ буолуохтаах. Киинэ уhуллуутун формата 35 эбэтэр 70 мм эбэтэр 1280x720 аччыгыйа суох көҥүллээх сөкүүндэҕэ 24/48 кадрдаах прогрессив сканнаах буолуохтаах.

Үтүө иhин Академия Биhирэбиллэрэ / Academy Awards of Merit

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Анал Академия Биhирэбиллэрэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • Oscars.org (официал Академия сайта)
  • Oscar.com (официал церемония сайта)